← Все новости

Баайаҕа сонуннара

23.11.2026

“Байаҕантай” информационнай киин

Планерка сонуннара

Бэнидиэнньик

Сэтинньи 2 күнэ, 2026 сыл

Ааспыт нэдиэлэҕэ муҥхаһыттар Кус Чаарбыкка, Нэлэгэргэ, Андылаахха уонна Чөкчөлөйгө балыктаатылар, дьон сылдьыыта идэһэ кэмэ буолан аҕыйах диэн этэллэр. Оҕолуун-уруулуун бастакы күн 59, иккис күн 48 киһи сырытта. Нэһилиэк, оскуола салалтата оҕолору төрүт үгэскэ сыһыаран, муҥхаҕа сылдьыыларын тэрийдэ.
Почта России саҥа дьиэтигэр Новосибирскайтан миэбэл кэллэ, манна Вайлдберрис табаарын биэрэр пуун аһыллара былааннанар.
“Мандар Уус” киин салайааччыта П.П.Бурнашева “Чороон XXI век” тэрилтэ төрүттэммитэ 25 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттыыны ылла. Үрдүк таһымнаах тэрээһин П.А.Ойуунускай аатынан саха академическэй театрыгар далааһыннаахтык ааста, саха иһитин бары уустара республика араас муннугуттан тоҕуорустулар. Биир дойдулаахтарбыт норуот маастара Федор Иванович Чээрин Ил Түмэн Бочуотунай Грамотатынан, үбүлүөйдээх тэрилтэ худуоһунньук-маастара Сардаана Поликарповна Сергучева Ил Түмэн Бочуотунай Грамотатынан, «За вклад в развитие народного художественного творчества РС(Я)» Бочуотунай Бэлиэнэн наҕараадаланнылар.
Алтынньы 30 күнүгэр Баайаҕа Томторун бибилэтиэкэтэ төрүттэммитэ 110 сылын чэрчитинэн ССРС култууратын туйгуна Матрена Николаевна Хатылаеваҕа аналлаах “Идэм-олоҕум аргыһа” диэн ахтыы-көрсүһүү буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ киин библиотекаттан уһун сылларга методиһынан үлэлээбит Устиния Ивановна Заболоцкая; Матрена Николаевна кыыһа Равелла Иннокентьевна кэргэнэ Дмитрий Николаевич Пинигин-Сосинныын, күтүөттэрэ марафонец-сүүрүүк Альберт Варламов уонна аймах-эдьиий Ульяна Григорьевна Винокурова кыттыыны ыллылар. Уһулуччулаах библиотекарь, кэрэ киһи туһунан истиҥ-иһирэх кэпсэтиигэ олоҕун аргыһа, XX үйэ чулуу педагога Иннокентий Михайлович Хатылаев сырдык мөссүөнэ тэҥҥэ тутуллан, бу иллээх дьиэ кэргэн нэһилиэк сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылааттара махталынан ахтылынна. Матрена Николаевна Баайаҕа библиотекатыгар 1961 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы эҥкилэ суох бэриниилэхтик үлэлээбитэ. «Туйгун үлэлээх библиотека» аатын ылбыта, социалистическай куоталаһыы үгүс төгүллээх кыайыылааҕа, Саха республикатын култууратын VI съезтэрин делегата, Коммунистическай үлэ ударнига, В.И.Ленин 100 сыллаах үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта, ССРС култууратын туйгуна үрдүк ааты ылбыта. Кини үлэтин сыаналаан олохтоох дьаһалта 1973 сыллаахха (улууска бастакынан уонна уһун сылларга соҕотох) туспа дьиэни тутан биэрбитэ. Матрена Николаевна оҕо ааҕыытыгар болҕомтотун ууран, үгүс көлүөнэ ыччаты кинигэ алыптаах эйгэтигэр угуйбута. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран саҥа библиотека дьиэтэ «Үтүө дьыала» чэрчитинэн тутуллуутугар, библиотека историятыгар аан бастакы 85 сыллаах үбүлүөй тэрээһинигэр көҕүлээччи, күүс-көмө буолбута. Күн бүгүн М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотеката уһулуччулаах библиотекарь аатын үрдүктүк тутарга кыһаллан үлэлиир.
Улууска ыытыллыбыт теннис күрэһэр Баайаҕа хамаандата 8 нэһилиэктэн 2 -с миэстэни ылары ситистэ.
Түөлбэлэринэн шахмат күрэһэр Томтор-Куула — 1, Арҕаа -2, Сайдыы – 3 миэстэни ыллылар.