“Байаҕантай” информационнай киин Планерка сонуннара Бэнидиэнньик Сэтинньи 9 күнэ, 2026 с
23.11.2026
“Байаҕантай” информационнай киин
Планерка сонуннара
Бэнидиэнньик
Сэтинньи 9 күнэ, 2026 с.
— Кыстыкка киирэр ыйга түбүк, үлэ-хамнас бүппэт. Ол курдук идэһэ салҕанар, ааспыт нэдиэлэҕэ муҥха Ынах уҥуоҕар, Уһун Күөлгэ уонна Дурадаҕа буолла. Дурадаҕа 70-тан тахса киһи сырытта, Күөх Боллох 2 –лии биэдэрэни бэрсэн дьон-сэргэ астынна. Бэтэринээрдэр сүөһүттэн хаан ылаллар.
— ДЭК энергосбыт улуустааҕы специалистара кэлэн уот төлөбүрүн онлайн төлүүргэ, личнай кабинет оҥостуутугар нэһилиэнньэҕэ көмө оҥордулар. Манна үгүс киһи сырытта.
— Почта сотору кэминэн саҥа дьиэҕэ киирэн үлэлиэ. Дьокуускайтан салалта кэлэринэн, үөрүүлээх аһыллыы суол турдаҕына ахсынньыга ыытыллара былааннанар.
— Саҥа тутуллубут уопсай дьиэҕэ ититии киирдэ, билигин муостатын оҥоро сылдьаллар.
-Сэтинньи 3 күнүгэр Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр анаммыт «Традиции танца” улуустааҕы үҥкүү конкурсугар “Үрүйэ” үҥкүү ансаамбыла 3-с истиэпэннээх лауреат, “Туску” үҥкүү ансаамбыла 2-с истиэпэннээх дипломант аатын ылан ситиһиилээхтик кытыннылар.
— Нэһилиэккэ Сомоҕолоһуу күнэ оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, “Тускун” култуура киинигэр тэрээһиннээхтик ыытылынна.
— “Мандар Уус” түмэлгэ курдуу туос киэргэлин тигиигэ маастар кылаастар ыытылыннылар.
— Оскуола сонуна: төрөппүт мунньаҕар үгүс киһи сырытта, санаатын эттэ. Мантан ыла үөрэнээччилэр телефоннарын туттаран, күнү тура гаджета суох үөрэниэхтэрэ. Илин эҥэрдээҕи сүүрүү күрэһэр оскуола оҕолоро кыахтарынан кытыннылар, Романова Сайаара 4 миэстэни ылла. Байанай ыйыгар сонун, сэргэх тэрээһиннэр былааннаммыттар. Оскуола бүттүүнэ 155 сыллаах үбүлүөйгэ бэлэмнэнэр.
— Спорт: мас-рестлинг VIII Аан дойдутааҕы чемпионатыгар Россия хамаандата сүүмэрдэннэ. Биир дойдулаахпыт Константин Жирков (75 кг.) дойду чемпионатын түмүгүнэн сүүмэрдээһини ааһан, бу улахан эппиэттээх спорт түһүлгэтигэр кыттыыны ылыаҕа. Күрэхтэһии сэтинньи 28-29 күннэригэр Татарстаҥҥа ыытыллыаҕа. Билиҥҥи туругунан манна 50-ча дойду бэрэстэбиитэлэ сайаапка биэрбит. Олус күүстээх, тыҥааһыннаах киирсиилэр күүтэллэр. Константин Жирковка ситиһиилэри баҕарабыт!